Сүлүүдэ

Сүлүүдэлэр — слойдаах структууралаах минерааллар — гидроксиллаах уонна фтордаах алюмосиликаттар бөлөхтөрө, дьэҥкир өҥнөөхтөр, араҥаланан үөскүүллэр. Уопсай формулалара R1R2-3 [AISi3O10](OH, F)2, манна R1 = К, Na; R2 = Al, Mg, Fe, Li.

Сүлүүдэ

Классификацията

Химиятын састаабынан маннык бөлөхтөргө арахсаллар:

1. Алюминийдаах сүлүүдэлэр:

  • мусковит KAl2[AISi3O10](OH)2,
  • парагонит NaAl2[CAISi3O10](OH)2,

2. магнезиально-железистай сүлүүдэлэр:

  • флогопит KMg3[AISi3O10](OH, F)2,
  • биотит K (Mg, Fe)3 [AISi3O10](OH, F)2,
  • лепидомелан KFe3[AlSi3O10](OH, F)2;

3. литийдээх сүлүүдэлэр:

  • лепидолит KLi2-xAl1+x [Al2xSi4-2xO10](OH, F)2,
  • циннвальдит KLiFeAl [AISi3O10](OH, F)2
  • тайниолит KLiMg2[Si4O10](OH, F)2

Флогопит Саха сиригэр хостонор этэ.