Сан Франсиско

(Мантан: Сан-Франциско көстө)

Сан Франсиско (ааҥл. San Francisco), сорумдьу аата Сан Франсиско хотото уонна аймаҕа (ааҥл. City and County of San Francisco), диэн хоту Калифорнияҕа баар хото. Чуумпу далай уонна Сан Франсиско хомотун икки ардыларыгар Сан Франсиско тумул арыытын хоту уһугар баар. Сан Франсиско олохтоохторун ахсаана 873,965 киһи (2020), Калифорния 4-с улахан хотото, АХШ 17-с. Метрополитен сиригэр 7 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Сан Франсиско хомо сирин экономика уонна култуура киинэ буолар.

Сан Франсиско
—  холбоммут хото-аймах  —
City and County of San Francisco
Flag of Сан Франсиско
Flag
Official seal of Сан Франсиско
Seal
Девиз: Oro en Paz, Fierro en Guerra (испанныы)
(сахалыы: "Эйэҕэ көмүс, сэриигэ тимир")
Дойду АХШ
Штат Калифорния
АймахСан Франсиско
Миссиябэс ыйын 29, 1776
Олохтонуутамуус устар 15, 1850
ОлохтооччуХосе Хоакин Морага
Франсиско Палоу
Ким аатынанАссизитааҕы Франческо
Иэнэ
 - Хото уонна аймах231,89 sq mi (600,59 km²)
 - Сир46,9 sq mi (121,48 km²)
 - Уу184,99 sq mi (479,11 km²)  80.00%
 - Metro3524,4 sq mi (9128,2 km²)
Үрдэлэ 52 ft (16 m)
Ордук үрдээбитэ934 ft (285 m)
Ордук намтаабыта0 ft (0 m)
Олохтоохторо (2020)
 - Хото уонна аймах873 965
 - Чиҥэ18 634,65/sq mi (7194,31/km²)
Кэм курдааһынаPacific Time Zone (UTC−8)
 - Сайын (Сайыҥҥы кэм)Pacific Daylight Time (UTC−7)
Сайт: sf.gov

Сан Франсискону 1776 сыллаахха испан колонистара олохтообуттара. 1848 сылга Америка-Мексика сэриитин түмүгүнэн Сан Франсиско АХШ иһилигэр киирбитэ. 1849 сыллааҕы Калифорния көмүс аймалҕаныттан сылтаан манна баһаам элбэх киһи кэлбитэ. Мантан ыла Сан Франсиско Америка арҕаа кытылын ордук улахан хотото уонна порда буолбута. 1906 сыллааҕы сир хамсааһыныгар Сан Франсиско улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Иккис аан дойду сэриитин саҕана АХШ байҕал күүстэрин Чуумпу далайга сүрүн базата буолбута. Сан Франсискоҕа 1945 сылга Холбоһуктаах нациялар тэрилтэтин сиэрдьитэ баттаммыта. 1951 сылга Дьоппуоннуун эйэлэһии баттаммыта. Сэрии кэнниттэн манна элбэх сэрииһиттэр уонна иммиграннар олохсуйбуттара. Уонна түмэт эйгэтигэр улахан уларыйыылар буолбуттара саҥа быһыылар-майгылар күөрэйбиттэрэ: битник уонна хиппи контр-култууралара, секс өрөбөлүүссүйэтэ, Вьетнам сэриитин утарар эйэ хамсааһына, Таптал сайына, ЛГБТ көҥүллэрин туһугар хамсааһын. Бу түмүгүнэн Сан Франсиско билигин Америка бастыҥ либерал хотото буолар.

Сан Франсиско АХШ уонна аан дойду биир ордук сайдыылаах баай хотото буолар. Манна Wells Fargo, Salesforce, Uber, Airbnb, Twitter, Levi's, Gap, Dropbox, Lyft компаниялар бас салалталара бааллар. Онуоха баай уонна дьадаҥы хайдыһыыта улаатар. Наркотиктааһын, буруйу оҥоруу, дьиэтэ суохтар курдук түмэт кыһалҕалара үксүүллэр.

Кэрэхсэбиллээх сирдэр

  • Алтан халҕа күргэ
  • Сан Франсиско канаттаах трамвайа
  • Алькатрас хаайыы
  • Чайнатаун
  • Миссия түөлбэтэ

Үөрэх

  • Калифорния университета
  • Сан Франсиско университета
  • Сан Франсиско штат университета
  • Сан Франсиско муусука консерваторията

Култуура

  • Де Янг түмэлэ
  • Сан Франсиско аныгы дьоҕур түмэлэ
  • Сан Франсиско симфонията
  • Сан Франсиско операта
  • Сан Франсиско балета
  • Калифорния билим академията
  • SFJAZZ Center

Спорт

  • San Francisco Giants
  • Golden State Warriors

Транспорт

  • Сан Франсиско иллэрдээҕи аэропорда
  • San Francisco Municipal Railway
  • Bay Area Rapid Transit
  • Caltrain